Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев коронавирус инфекцията тарҕаныытын бохсор сыалтан ыйаахха эбии хааччахтааһын миэрэлэрин киллэрдэ.
Саха сиригэр Дьокуускайга, Жатайга, Нерюнгрига, Мииринэйгэ «самоизоляция» эрэһиимэ олохтонно. Ил Дархан тустаах ыйааҕар эбиилэр киллэрилиннилэр. Докумуон туолуута булгуччулаахтык хонтуруолланар. «Бу муниципальнай тэриллиилэргэ билигин ыарыы суох буоллаҕына, киирэр куттала улахан«, — диэтэ Айсен Николаев бэҕэһээ телевидениенан быһа эфиргэ.
Жатайга уонна этиллибит куораттарга дьон дьиэлэригэр олоруохтаах. Тохтоло суох үлэни эрэйэр олох-дьаһах эйгэтин үлэһиттэрэ эрэ үлэлэригэр сылдьыахтарын сөп.
Арыгы атыылааһына эмиэ кытаанахтык бобуллар.
Санатар буоллахха, РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин коронавирус тарҕаныытын бохсууга регионнарга Москва уонна Москва уобалаһын холобуругар үлэни ыыталларыгар сорудахтаабыта.