Бүгүн Дьокуускайга дьүкээгир худуоһунньуга Николай Курилов «Юкагирский график Ханьджэ/Холод» диэн быыстапка-мобилографията арыллар. Тэрээһин ахсынньы 26 — тохсунньу 30 күннэригэр үлэлиир.
Мобилография — бу художественнай устуу саҥа көрүҥэ.
«Хаартыскалар евротүннүк өстүөкүлэтин нөҥүө түһэриллэллэр. Уруһуйдар уулусса өттүттэн иккис түннүккэ хаалаллар», — диир Курилов.
Тымныынан оҥоһуллубут ураты эйгэ, худуоһунньук-график сытыы хараҕынан айыллан, хоту дойду айылҕатын кэрэтин көрдөрөр.
Николай Курилов, суруйааччы уонна бэйиэт быһыытынан эмиэ биллэр.
Быыстапка 2022 сыл ахсынньы 26 — 2023 сыл тохсунньу 30 күннэригэр бу аадырыска турар: Дьокуускай, Кулаковскай аатынан уулусса, 42 нүөмэрдээх дьиэтэ, ГУК ХИФУ, 4 этээс, Устудьуоннар көҕүлээһиннэрин кинэ.
This post was published on 26.12.2022 14:01 14:01