Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар ахсынньы 16 күнүгэр, хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн, саҥардыллыбыт волонтердары кытта үлэлиир киин, уйулҕа киинэ уонна «Подросток» ассоциация дьиэтэ арылыннылар. Бу өрөспүүбүлүкэ «Регион для молодых» федеральнайдааҕы куонкуруска кыайыытын түмүгэ. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
Эбийиэктэр өрөмүөннэригэр федеральнай бюджеттан 98 мөл солк көрүлүннэ.
«Саха сиригэр күүстээх уонна эппиэтинэстээх ыччат холбоһуга баар диэн эрэллээхтик этэбин. Дойдуга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ чахчы көмөнү оҥорор улахан армия. Билигин хорсун байыастарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр волонтердар аахсыйаларын кэмигэр бу ордук көдьүүстээх уонна сыаналанар. Маннык үтүө дьыалаҕа кыттар бары дьоҥҥо махтанабын» — диэтэ Айсен Николаев.