Японецтар Дьокуускайга аныгы технологияларынан үлэлиир бөҕү-сыыһы таҥастыыр комплексы тутар баҕалаахтар. Япония экэниэмикэтин миниистирэ Хиросигэ Сэко уонна өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын э.т. Айсен Николаев “Хоккайдо Корпорейшн” хампаанньа биэрбит Арассыыйаҕа бастакы бөҕү уматар сыахха сырыттылар. “Урут Дьокуускайга медицинскэй тобохтору анал оһохторго уган таһааран баран көмөр этилэр. Билигин биһиэхэ куттала суох харайар тэрил баар буолла”, — диэн Япония технологиялара куоракка суолтатын бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
“Бу билиҥҥитэ биир эрэ оһох, ол эрээри биһиги улахан кэлимсэ оҥорон таһаарыыны былаанныыбыт. Манна бөҕү-сыыһы наардаан баран таҥастыахтара уонна харайыахтара. Биһиги бырайыагы олоххо киллэриигэ “Джейбик” норуоттар икки ардыларынааҕы сайдыы баанын кытта дьүүллэспиппит”, — диэн эттэ тойон Сэко.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Арассыыйаҕа бөҕү-сыыһы уматыыга ирдэбил кытаанах. “Ол иһин биһиги бөҕү наардаан баран, ордугун пресстиир ньыманы көрөбүт. Биһиги исписэлиистэрбит Японияҕа кэпсэтии ыыта сырыттылар”, — диэтэ кини.
Санаайа Иванова,
Андрей Сорокин түһэриитэ.