Дьокуускай куорат кытыытыгар дьон суол кытыытынан сүүрэн иһэр страус көрдүлэр. Тулагы-Килдэм нэһилиэгэр баар ыал пиэрмэтиттэн бэс ыйын 24 күнүгэр күнүс икки экзотическай көтөр күрээбит.
Биир страус тутуллубут, иккиһин көрдөөһүн барар, ЯСИА-ҕа бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Аксана Фурсо кэпсээтэ.
«Барыта алта страус баар. Икки куоппут. Техника үлэлиир тыаһыттан куттаммыт буолуохтарын сөп. Дьиэбит таһыгар бетон алдьаталлар, олбуор аһаҕас турар, массыыналар киирэллэр-тахсаллар. Онон страустарбыт куоппуттар», — диэтэ хаһаайка.
Биирин Капитоновка оройуонугар туппуттар. Иккиһин көрдүүллэр.
Пиэрмэрдэр этэллэринэн, страус дьиэтигэр төннөр кыаҕа суох, өйө кылгас.
Онон страус көрбүт дьон +7 914 226-13-95 биллэрэргитигэр көрдөһөллөр.
This post was published on 24.06.2024 15:33 15:33