Ахсынньы 1-2 күннэригэр А. Е. Кулаковскай норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Сделано в Якутии» национальнай уус-уран оҥоһуулар дьаарбаҥкалара ыытыллар. Манна ааптардар ураты сувенирдара, таҥастара-саптара уонна да атын оҥоһуктар бааллар диэн СИА кэпсиир.
Быыстапка «Зима начинается с Якутии» бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар. Сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри Дьокуускайга оҕолорго аналлаах быыстапкалар, куонкурустар, гастрономическай бэстибээл, кэнсиэрдэр уонна да атын тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бэстибээ өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан 2011 сыллаахха тэриллибитэ.
This post was published on 02.12.2022 10:05 10:05