Дьокуускайга туоһунан оҥоһуктар быыстапкалара арылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Туос ситимэ» туоһунан оҥоһуктар быыстапкалара арылынна. П.П. Романов аатынан художественнай училище устудьуоннарын уонна выпускниктарын үөрэнэр уонна дипломнарын үлэлэрэ туруорулунна: эскизтар уонна уруһуйдар, декоративнай живопись, чертежтар уонна макеттар, маны сэргэ туоһунан илиинэн оҥоһуктар уонна презентациялар.
Быыстапка кэмигэр маастар-кылаастар уонна лекциялар баар буолуохтара.

Тэрээһини училище декоративнай-прикладной искусствотын бөлөҕүн 10 сылыгар уонна преподаватель, Саха сирин норуот маастара Надежда Корнилова 55 сааһыгар анаатылар.

«100-тэн тахса экспонат, ол иһигэр үөрэх бырайыактара, дипломнай үлэлэр, научнай-айар үлэ түмүктэрэ туруорулунна. Маны сэргэ биһиги куоппуйалары оҥоробут уонна музейдары кытта бииргэ үлэлиибит. Үгүс устудьуон былыргы оҥоһуктары реконструкциялааһыны кытта үлэлэһэр, бу өбүгэлэрбит материальнай култуураларын харыстааһыҥҥа уонна элбэтиигэ туһаайар», — диэтэ Корнилова.

Хаартыска: Майя Гоголева/ЯСИА

2013 сыллаахха художественнай училищеҕа саҥа хайысха киллэриллибитэ — «Декоративно-прикладное искусство и народные промыслы» идэҕэ «Художественная обработка бересты диэн. 11 кылаас кэнниттэн үөрэххэ туттарсаллар, быйыл биэс оҕо киирдэ.

«Быйылгыттан бырагыраама уларыйда. Улахан болҕомто практикаҕа ууруллар буолла. Устудьуоннарга үлэ практиката баар, научнай-айар экспедицияларга кытталлар.

Биһиги бөлөхпүт норуот искусствотыгар уонна үгэс буолбут технологияларга олоҕурар. Мин үүнэр көлүөнэҕэ өбүгэ дьарыгын тириэрдэргэ кыһаллабын, салгыы кинилэр бэйэлэрин ыччаттарыгар тириэрдэллэригэр анаан», — эттэ Надежда Корнилова.

Быыстапка ахсынньы 15 күнүгэр диэри үлэлиир.

This post was published on 05.12.2024 12:00 12:00