Дьокуускайга култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар 13 тыһ кв м аспаал ууруллар, өрөмүөн кэмигэр. Ол туһунан куорат мэра Евгений Григорьев эттэ.
«Ыам ыйын бүтүөр диэри паарка киин аллеятыгар үлэ барар. Аспаалы таһынан, бордюрдар, сырдатыы тирэхтэрэ оҥоһуллуохтара. Саҥа ыскамыайкалар уонна ууруналар туруоруллуохтара», — диэтэ кини.
Дьон дьаарбайан хаамар сирэ эмиэ анаан оҥоһуллуоҕа. «Өйдөөн көрбүт буолуохтааххыт, Хомсомуол болуоссатыгар эмиэ үлэ барар. Дьокуускай маастар-былааныгар пааркаҕа сылы эргиччи үлэлиир аквапарк баар буолуохтаах», — диэтэ баһылык.
Кини эппитинэн, биир да мас суулларыллыбат, төттөрүтүн саҥардыллан биэриэхтээх.
This post was published on 03.05.2024 10:27 10:27