Бэс ыйын 1 күнүттэн Дьокуускайга «Защитники Отечества» анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай пуонда филиала арыллыаҕа. Эбийиэк бэлэмин муус устар 29 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев бэрэбиэркэлээтэ.
Пуонда филиала Дьокуускайга Ойуунускай аатынан уулуссаҕа арыллыаҕа. Регион баһылыга гостинайы, социальнай сулууспа сүрүннээччилэрин кабинеттарын, аактабай сааланы уонна библиотеканы көрдө. Манна «Мои документы» МФЦ бэрэстэбиитэллэрэ, социальнай сүрүннээччилэр, социальнай сулууспалар сотрудниктара, медицина-социальнай экспертиза исписэлиистэрэ үлэлиэхтэрэ.
Николаев бэлиэтээбитинэн, тэрилтэ бэс ыйын 1 күнүттэн СВО кыттыылаахтарыгар эбии көмө буолар киин буолуохтаах. «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда филиала Дьокуускайга арыллыыта анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү кэҥэтэн биэриэҕэ.
Манна социальнай, материальнай, медицинскай уонна психологическай боппуруостар быһаарыллыахтара. Үлэлииргэ сүүстэн тахса социальнай сүрүннээччи бэлэмнэниэҕэ. 30 кандидат баар, кинилэри Хабаровскайга РАНХ уонна ГС үөрэттэрэ ыытыахтара. Сүрүннээччилэр хас биирдии СВО кыттыылааҕар сыһыарыллыахтара, кинилэр юридическай, психологическай, медицинскай көмөҕө, реабилитацияҕа, үлэ булууга уонна үөрэниигэ көмөлөһүөхтэрэ.
This post was published on 02.05.2023 16:01 16:01