От ыйын 30 күнүгэр 20 чаас саҕана 24 саастаах «Мицубис-Айтрек» массыына суоппара Тулагы бөһүөлэгин өттүттэн айаннаан иһэн, түргэн тэтимҥэ кыайан салайбакка, суол хаххатыгар иккитэ баран түстэ диэн өрөспүүбүлүкэ ГИБДД-та биллэрдэ.
Саахал түмүгэр суоппар уҥа илиитин тоһутан балыыһаҕа киирдэ.
Эр киһи саахал тахсар кэмигэр өйдөөх эбит, административнай эппиэтинэскэ сыл устата 2 төгүл тардылыбыт, ОСАГО страховой полиһа суох. Суол быһылааныгар бэрэбиэркэ ыытыллар.
This post was published on 01.08.2022 15:03 15:03