Дьокуускайга өссө 12 саҥа Volgabus мааркалаах оптуобус кэллэ. Ол туһунан «Эхо столицы» портал «Союз авто» дириэктэрэ Андрей Косицкайга сигэнэн суруйар.
«Хаалбыт чааһа кэлэрин күүтэбит, хантараагы сабыахпыт, онтон оптуобустары үлэҕэ таһаарыахпыт», — диэтэ Андрей Косицкай.
Санаттахха, 2024 сылга Дьокуускайга анаан 50 уопсастыбаннай оптуобус ылар былаан баар. Ол иһигэр 40-на куорат уонна куорат кытыытыгар маршруттарга ананар. Тоҕуһа муниципалитеттар ардыларыгар айанныаҕа.
Маны сэргэ бэс ыйын саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ 30 саҥа оптуобус кэлбитэ, ол иһигэр туристарга анаммыттар бааллар.
This post was published on 24.06.2024 11:28 11:28