От ыйын 27 — 28 күннэригэр «Бэргэн» спортивнай-ытар кулуупка «спортинг-компакт» упражнениеҕа спортиҥҥа күрэхтэһии буолар. Ол туһунан УФКуоннаМС пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Чемпионат тус-хамаанданан зачекка ыытыллар. Хамаанданан киирсиигэ муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуруктарын сүүмэрдэммит хамаандалара кыттыахтарын сөп.
Спортсменнар арахсар категориялара: эр дьон (А, В, С), юниордар, дьахталлар, сеньордар (55 — 65 саас) уонна бэтэрээннэр (65-тэн үөһэ саас).
Хас биирдии кыттааччы саатын бэйэтэ илдьэ кэлэр, онто ирдэнэр докумуоннардаах буолуохтаах.
Кыайыылаахтар уонна призердар өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, грамоталарынан, кубоктарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланналлар.