Дьокуускайга Үс хатыҥҥа бэс ыйын 29 күнүгэр «Көмүс хатырык» собону ыраастыырга куонкурус буолар.
Куонкурус Туймаада ыһыаҕын кэмигэр «Сандалы» түһүлгэҕэ ыытыллыаҕа. Кыттааччылар 10 мүнүүтэ иһигэр үс собону ыраастыахтаахтар. Дьүүллүүр сүбэ түргэни таһынан, хаачыстыбаны эмиэ көрөр.
Кыайыылаах сүрнүн бирииһи ылыаҕа, ону сэргэ «За самую быструю чистку» уонна «За необычную технику чистки» номинациялар бааллар.
Күрэхтэһии «Ыһыах сандалыта» саха национальнай аһын бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар.
Тэрийээччилэр — Дьокуускай куорат предпринимательство, ырыынак уонна туризм департамена, Саха сиринээҕи ыалдьыттары көрсүү ассоциацията, Үүт собуота, ФАПК «Якутия».
This post was published on 21.06.2024 12:33 12:33