Дьокуускайга «ПроФОРУМ Chefs Team» пуорум буолла. Манна шеф-повардар, кондитердар уонна ресторатордар, ол иһигэр устудьуоннар түмүстүлэр. Ол туһунан Саха сиригэр ыалдьыттары көрсүү Ассоциацията иһитиннэрдэ.
Chefs Team Russia тэрийбит дьаһала 52 профессионалы уонна астыырга үөрэтэр үөрэх тэрилтэтин устудьуоннара кытыннылар. «Саха сирин амтана» бэстибээл чэрчитинэн «Инкотрейд» гастролабораторияҕа буолбут пуорумҥа федеральнай исписэлиистэри кытта саҥа сүүрээннэри билистилэр, маастар-кылаастарга уопут атастастылар.
Санаттахха, Chefs Team Москваҕа саҥа гастролаборатория арылларын иһитиннэрдэ.
This post was published on 27.11.2024 13:02 13:02