ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата чуолкайдаабытынан, куһаҕаҥҥа соруммут киһи гостиницаҕа хос устубут, манна дьахтары уонна кини доҕорун кытта билсибит. Хампаанньанан биэчэри атаарбыттар, эмсэҕэлээччи дьахтар хоһугар арыгы испиттэр.
Сөптөөх түгэнинэн туһанан буруйу оҥорооччу дьахтар смартфонун уорар уонна хостон тахсан барар. Кэлин, уорбут тэрилинэн онлайн-бааҥҥа киирэн, 36 тыһ солк устар, атыылаһар, такситыгар төлүүр. Салгыы төлөпүөнү атыылыыр, ол харчытын бэйэтигэр туһанар.
Силиэстийэ кэмигэр биллибитинэн, уорбаланааччы эр киһи Дьокуускай куоракка маннык курдук быһыылаах үс уорууну оҥорор.
Билигин полиция сотрудниктара киһини атын уорууларга кыттыылааҕын бэрэбиэркэлииллэр.
«Уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала көбүтүлүннэ. Куһаҕан санаалаах киһиэхэ 5 сылга диэри болдьохтоох көҥүлэ быһыллыан сөп.
This post was published on 15.11.2024 18:01 18:01