А. Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, ахсынньы 1 уонна 2 күннэригэр 10 чаастан киэһэ 19 чааска диэри «Сделано в Якутии» национальнай уус-уран оҥорон таһаарааччылар дьаарбаҥкалара уонна саҥа дьыллааҕы быыстапкалара буолуоҕа, тэрээһин «Зима начинается с Якутии» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар диэн, тустаах биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быыстапкаҕа Саха сирин маастардарын ураты таҥаһы-сабы, киэргэллэри, күндү түүлээхтэн, тирииттэн, тимиртэн оҥоһуктары ону тэҥэ, олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, хаачыстыбалаах оҥорон таһаарыыны көрүөххэ син.
This post was published on 29.11.2022 17:05 17:05