Саха сирин норуоттарын музыка уонна фольклор музейыгар коллекционер Анжелика Романова самовардарын быыстапката арылынна.
Барыта 60 экспонат хомуллубут — чохтон саҕалаан хурустаалга тиийэ, ракета киэптээхтэн саҕалаан, ыраахтааҕы кэминээҕигэ тиийэ.
Анжелика Романова «Айар Уустар» креативнай индустриялар колледжтарыгар преподаватель. Дизайнер коллекциялыырын 10 сыллааҕыта саҕалаабыта.
«Сэбиэскэй кэмҥэ үгүстэргэ электрическай самовар баара. Мин коллекциям ийэм миэхэ самоварын биэрбитигэр саҕаламмыта. Коллекционердар бөлөхтөрүгэр киирбитим, кэпсэтии саҕаламмыта. Дьон тугунан олорорун, дьтарыктанарын көрбүтүм. Мин самовардарынан интэриэһиргэбитим. Кыра кыралаан мунньан барбытым. Кимтэн эрэ атыыласпытым, атын дойдуга бардахпына аҕаларым. Коллекциям элбээн барбыта», — диир кини.
Быыстапка Россияҕа дьиэ кэргэн сылыгар ананар уонна култуура министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллар.
Быыстапка муус устар 15 күнүгэр диэри үлэлиир.