Пааматынньык баар сиригэр сир, тутуу, мелиорация, онтон да атын үлэни ыытыллыбат. Күөлү уонна тулалыыр эйгэтин харыстыыр эрэ дьаһаллар бараллар. Ол туһунан култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр управление салайааччыта Николай Макаров эттэ.
Билигин Сайсары күөлгэ кытыла оҥоһуллар, «Формирование комфортной городской среды» федеральнайдааҕы бырайыак чэрчитинэн, «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак сорудаҕынан. Саҥардыллыбыт уопсастыбаннай миэстэни 2025 сылга арыйыахтара. Манна бэлэсипиэт тэбэр, сатыы сылдьар суоллар, оҕо уонна спортивнай былаһааккалар, Лермонтов аатынан уулусса кытыытынан пирстар ууруллуохтара.
Сайсары күөл иэнэ 326,3 тыһ. кв. м. Уутун иэнэ — 1,06 мөл кубометр, муҥутуур дириҥэ — 6,5 м, орто дириҥэ — 2,67 м. Күөл уһуна — 1,35 км, кытылын уһунан — 4,35 км.
This post was published on 13.12.2024 17:02 17:02