Оптуорунньукка, ахсынньы 17 күнүгэр, Дьокуускайга Россия Федерациятын маастар-асчыта, А.Е. Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Иннокентий Тарбаахап 80 сааһын туолар өрөгөйдөөх мунньаҕа буолла. Бу күн өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах поварыгар 73,16 караттаах тус бэйэтин алмааһын куоппуйатын туттардылар уонна «Асчыт буолар дьылҕам» документальнай киинэни көрдөрдүлэр, суруйар ЯСИА.
Кулинарнай дьыала маэстротын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников эҕэрдэлээтэ.
«Бырабыыталыстыба уонна тус бэйэм ааппыттан Иннокентий Тарбаховы бу үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин. Эһиги үлэҕит маастарыстыба холобурунан буолар, бастыҥ ас бэлиэтинэн, баай үгэһинэн биллэр. Саха сирин гастрономиятыгар саҥа идеялары уонна креативнай сыһыаны киллэрдиҥ, олохтоох бородууксуйа уонна ингредиент кыаҕын арыйдыҥ. Эһиги көхтөөх позицияҕыт саха аһын киэҥ эйгэҕэ биллэриигэ убаастабылы ылар», — диэтэ Сергей Местников.
Салайааччы 2025 сылтан саҕалаан, Иннокентий Тарбаахап аатынан кулинардар маастарыстыбаларыгар сылын аайы ыытыллар куонкурус буоларын иһитиннэрдэ.
This post was published on 18.12.2024 14:01 14:01