22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга саҥа дьыллааҕы харыйа уотун холбоотулар

19:01, 01 декабря 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, ахсынньы 1 күнүгэр, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстэбээл чэрчитинэн, Ленин болуоссатыгар саҥа дьыллааҕы харыйа уотун холбоотулар. Дойду үрдүнэн саҥа дьыллааҕы харыйа уотун аан маҥнай Саха сиригэр холбууллар, бу сыллата ыытыллар үтүө үгэс диэн билиэтиэх тустаахпыт, диэн СИА иһитиннэрэр.

Быйыл эмиэ былырыыҥҥы курдук, эпидемиологическай быһыыттан-майгыттан сылтаан, өрөспүүбүлүкэ сүрүн харыйатын уотун   тэлэбиисэр уонна социальнай ситимнэр быһа эфирдэригэр холбоотулар.  Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ Саха сирин аҕа баһылыга уонна Чысхаан кыттыыны ыллылар. Кинилэр кэлэн иһэр саҥа дьылынан истиҥ эҕэрдэлэрин «Ирбэт Тоҥ Саарыстыбатыттан» тиэртилэр.

«Күндү доҕоттор, бүгүн ахсынньы 1 күнэ, ол аата Саха сириттэн кыһын саҕаланар.  Бэстэбээл үтүө үгэһинэн, биһиги бастакынан саҥа дьыллааҕы харыйалары уотунан киэргэтэбит.  Мантан инньэ саҥа дьыллааҕы харыйалар уоттарын дойду үрдүнэн холбоон саҕалыахтара. Биһиги эһиэхэ, дьолу, эйэни уонна үтүөнү баҕарабыт.  Кэлэн иһэр саҥа дьылынан!»,- диэн Ил Дархан эҕэрдэлээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА