Дьокуускайга саҥа дьыллааҕы фейерверк буолбат

Дьокуускайга Ленин аатынан болуоссакка үгэскэ кубулуйбут фейерверк саҥа дьыл түүн буолбат. Быһаарыыны куорат мэра Евгений Григорьев планеркатын кэмигэр эттэ, киин куорат телеграм-ханаала суруйда.

Саха сиригэр уопсастыбаннай миэстэлэргэ саҥа дьыллааҕы улахан тэрээһиннэр ыытыллыбаттара эрдэ биллэриллибитэ. Оҕолорго эрэ анаммыт бырааһынньыктар буолуохтара этиллибитэ.

Быһаарыыны өрөспүүбүлүкэҕэ бэрээдэги хааччыйар, Айсен Николаев салалталаах, сүрүннүүр мунньах кэмигэр ылыллыбыта.

Евгений Григорьев маны сэргэ саҥа дьыллааҕы каникуллар кэмнэригэр ЧС тахсыбатын туһугар эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыыга миэрэлэри ылары сорудахтаата.

This post was published on 19.12.2022 11:01 11:01