Дьокуускайга саҥа дьыл түүн 100 №-дээх оптуобус дьону босхо таһыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга саҥа дьыл түүн 23.00 чаастан — 05.00 чааска диэри 100 № — дээх оптуобус сылдьыаҕа. Тырааныспар дьону босхо таһыаҕа.

Оптуобус биир чаас арыттаах айаҥҥа тахсыаҕа. Хайысхата медцентр — авиапорт уонна авиапорт — медцентр.

Медцентртан:

23-00, 24-00, 01-00, 02-00, 03-00, 04-00 чааска

Авиапорттан:

23-00, 24-00, 01-00, 02-00, 03-00, 04-00, 05-00 чааска

This post was published on 29.12.2023 17:01 17:01