Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Таланты Земли Олонхо”, “Олонхо ART”, “УТУМ” 2-c көрүҥнээх күрэх-бэстибээл ГРАН-ПРИ хаһаайыннара, “Зима начинается с Якутии” бэстибээл, Москваҕа ыытыллыбыт “Огни Рожденственской Москвы” V Аан дойдутааҕы күрэхтэр лауреаттара, Сахабыт сирин талба талааннаах кэнчээри ыччата “Мичээр” бөлөх “УУ-ЧУКУ-ЧУК” чааһынай оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, кинилэр төрөппүттэрэ, “Чоргуй”, “Дьиэрэй”, “Чугдаар” бөлөхтөр (сал. Лаптева К.Ю.) бастакы улахан тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык, үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста.
Бу “УУ-ЧУКУ-ЧУК” уһуйаан 2010 сыллаахха аһыллан үлэтин саҕалаабыт. Иитээччилэрэ оҕону төрөөбүт тылы өрө тутан билэригэр, саҥарарыгар кыһаллаллар. Ол туһугар элбэх сахалыы элбэх остуоруйалары, ырыаны-тойугу, хоһоону, чабырҕаҕы, үҥкүүнү-битиини, олоҥхону үөрэтэллэр. Бу үтүө саҕалааһыҥҥа төрөппүттэр куруутун төһүү күүс буолаллар. Бары биир киһи курдук бэйэлэринэн кытталлар, таҥас-сап оҕолоругар, бэйэлэригэр тиктэллэр, ийэлэр-аҕалар ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр, оҕолоругар холобур буолаллар.
Тэрээһин саҕаланыытыгар сахалыы таҥныбыт төрөппүттэр көрөөччүлэри алгыстаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан күндүлээтилэр. Дьон-сэргэ наһаа астынна, улахан бырааһынньыкка, ыһыахха кэлбит курдук сананна.
Улахан тэрээһин икки түһүмэхтэн турда. Бастакы түһүмэххэ: “Чугдаар” фольклор бөлөҕө норуот ырыатын, “Чоргуй” ансаамбыл чабырҕах, “Уһуктуу” бөлөх “Этноүҥкүү”, “Дьиэрэй” ансаамбыл сахалыы ырыаны, ону тэҥэ төрөппүттэр норуот ырыаларын, “Оһуор”, “Чороонноох” үҥкүүлэри сахалыы, араас дьэрэкээн, мааны, кыраһыабай таҥастаах, оҕуруоттан, хоруоҥкаттан оҥоһуллубут киэргэллэри кэтэн толордулар. Олоҥхоттон быһа тардыыны Александра Жарина бэрт итэҕэтиилээхтик, хас эмэ дьоруой ырыатын, тылын-өһүн кэпсээн, дьэ көрөөччүлэри сөҕүөн-сөхтөрдө. Саал иһигэр бары дьон ытыстара тохтообокко ньиргиэрдээхтик, өрө көтөҕүллэн таһыннылар. Көрөөччүлэр барахсаттар — ийэлэр, аҕалар, эдьиийдэр-балыстар, эбээлэр-эһээлэр, чугас дьоннор, аймахтар үөрүүлэрэ муҥура суох.
Иккис түһүмэххэ П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо «УУ-ЧУКУ-ЧУК» уһуйаан «Мичээр» бөлөҕүн иитиллээччилэрэ көрдөрдүлэр. Бука бары оруоллаахтар, саҥаран, хамсанан, артыыстаан уобарастарын итэҕэтиилээхтик арыйдылар. Уһуйааччылар сүбэлэһэн баран, оҕолору оруолларга маннык наардаабыттар: Ньургун Боотур – Айастаан Федоров, Туйаарыма Куо — Элеонора Васильева, Уот Уһутаакы — Субудай Адиль, Кыыс Кыскыйдаан — Илана Лаптева, Күн Дьирибинэ — Айкар Охлопков, Аан Алахчын Хотун — Анита Назарова, Саха Саарын Тойон — Эрсан Ефремов, Сабыйа Баай Хотун-Айыллаана Корякина, Үрүҥ Аар Тойон-Айдал Заболоцкай, Адьыны Сиэр Хотун- Сандаара Борисова, Сорук Боллур — Сарыал Шепелев, Айыы Умсуур Удаҕан — Майя Николаева, Үрүҥ Уолан — Арсен Николаев, олонхоһуттар Сайаана Окоемова, Туйаара Никифорова. Бүтэһигэр Орто дойду бухатыырдара Уот Уһутаакыны уонна Кыыс Кыскыйдааны кыйдааннар, кыайаннар улахан оһуокайынан түмүктэннэ. Олоҥхо бүппүтүн кэннэ төрөппүттэр оҕолоругар сибэкки дьүөрбэтин, бэлэхтэри туттардылар. Үөрүү-күтүү, хаартыскаҕа түһүү буолла.
Олоҥхону муусуканан Саха аркыастырын иһинэн “КИЛБИЭН” бөлөх Альберт Брусенин, Алексей Саввинов, Анюта Иванова, Дьулустаан Никифоров киэргэттилэр. Синтезаторга Г.М.Кривошапко аатынан Саха Филармониятын хорун ырыаһыта Саргылаага Никифорова оонньоото. Салайааччылара Саха аркыастырын артыыһа,” КЫЛ САХА” бөлөх солиһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин эдэр ыччат бэлиитикэтин туйгуна Дьулустаан Никифоров. Саргылааналаах Дьулустаан мааны кыыстара Туйаара бу уһуйаан иитиллээччитэ. Былырыын, ахсынньы 15 күнүгэр аҕата Дьулустаан бастакы айар “Кыл дуораана” киэһэтигэр хоп курдук сахалыы биллибит ырыалары попурри ыллаан көрөөччүлэри дэлби сөхтөрбүтэ, соһуппута. Кыратын көрбөккүн, чобуо, сытыы-хотуу, туттуута-хаптыыта отой бэлэм сцена артыыһа. Бу да олоҥхоҕо олоҥхоһут оруолун толорон үгүс элбэхтик эттэ-тыынна, испэктээк таһымын өрө тарта.
Бу улахан кэнсиэр уонна “Дьулуруйар Ньургун Боотур”испэктээк-олоҥхо наһаа улахан үлэттэн таҕыста. Күүстээх бэлэмнэнии, эрчиллии эрэ кэнниттэн оҕолор тылларын-өстөрүн үөрэтэллэр, оруолларгыгар киирэннэр сөпкө тутталлар-хамсаналлар. Инньэ гынан Үҥкүү тыйаатыра барҕа махталын, үгүс үтүө тыллары салайааччы Ксения Юрьевна Лаптеваҕа аныыр. Элбэх да үлэни көрсүбүт, үтүө түмүккэ тириэрпит. Ону таһынан бука бары тэрээһиҥҥэ кыттыбыт оҕолорго, төрөппүттэргэ, “Килбиэн” бөлөх артыыстарыгар улахан махтал. Бука барыгытын Дьиэ-кэргэн, Оҕо сылынан, ыра санааҕыт туола турдун, чөл туруктаныҥ, кыайыы-ситиһии арыаллаатын! Өссө да инникитин улахан тэрээһиннэри бииргэ иилэн-саҕалаан тэрийиэхпит, ыытыахпыт! Дом!
Ааптар: Вера Черноградская