СӨ Федеративнай сыһыаннаһыыларга уонна тас сибээскэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэбит киинигэр, Дьокуускайга, РФ Индия посола Панкадж Саран кэллэ. Сыала-соруга — эрэгийиэни кытары ыкса сибээһи олохтооһун.
Ыраахтан кэлбит күндү ыалдьыт үс күн устатыгар Дьокуускай кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин көрүө, Сэлии мусуойугар, Ирбэт тоҥ саарыстыбатыгар сылдьыа. Ил Дархан э.т. Айсен Николаевы, ХИФУ ректорын э.т. Евгения Михайлованы кытары көрсөн кэпсэтиэ. Бүгүн Индия киинэтин бэстибээлин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыа.
Хаартыскаларга Мария Васильева (СИА) түһэриилэрэ
This post was published on 01.08.2018 16:54 16:54