Дьокуускайга үөрэнэр устудьуон Дулҕалааҕар пиэримэтин билсэ тиийдэ

Тохсунньу ый кырыа ойуулаах тайҕатынан, Дьааңы үрдүк систэринэн массыыналар субуhаллар. Олохтоохтор кыһыҥҥы суол баарына олох-дьаһах соруктарын толороллор.


Дулҕалаах модульнай ыстаансыйатын начальнига Владимир Старостин: «Улуус киинигэр нэдиэлэ ахсын кэлэбин, оннук эрэ сырыттахха кыhалҕалар мүлүрүйэллэр. Модульнай ыстаансыйабыт 2010 с. үлэҕэ киирбитэ, биэс дизель үлэлиир. Баатаҕайга кэлиигэ-барыыга 100 литр бензиин барар. Нэдиэлэ аайы күртэрэр буоланнар, суолбут тубуста».

Дулҕалаах айанньыттарын биир кэлбит соруктара — устудьуону көрсүү. Сөмөлүөтүнэн айан иһин төлөбүр ыарахан да буоллар, Дьааҥы улууһун устудьуоннара Саңа дьылы чугас дьоннорун кытта көрсөллөр.

Дьокуускайдааҕы ИФК 3-с куурсун устудьуона Василий Слепцов «Дойдубар Дулҕалаахпар баран эрэрбиттэн, аҕам көрсө кэлбититтэн үөрэбин. Сыл аайы кэлэбин«, — диир.

Аҕата Афанасий Афанасьевич уолун сөмөлүөккэ куруук көрсөр. «Оҕо дойдутугар каникулугар хайаан да кэлиэхтээх буоллаҕа. Дьиэ кэргэммит уонча сүөhүнү, отучча сылгыны иитэбит. Хаһаайыстыбабыт уолбут Вася аатыгар сылдьар, кини хаhаайын», — диэн кэпсиир кини.

Афанасий Афанасьевичтаах Харалҕан диэн сайылыктарыгар тахсан оттообуттар. Бу ааспыт сайын ойуур баhаардара оччуттарга үгүс кыhалҕаны ҕөскэттэллэр да, дьон оттоото. «Кыстыгы туоруурга эбии 5 туонна от сакаастанныбыт. Онон этэңңэ туоруохпут«, — диир кини.

Айанньыттар УАЗ-фермер массыынанан 4 аңаар чааhынан кэлбиттэр.
Соруктарын ситиспит дьон быhыытынан, дьиэлэригэр киэhэ сөпкө тиийэрдии айанната турдулар.

Ааптар: Раиса Чирикова

This post was published on 14.01.2020 14:11 14:11