Дьокуускайга үөрэнээччилэр каникулларын болдьоҕо бигэргэннэ

2022-2023 үөрэх дьылыгар Дьокуускай куорат оскуолаларыгар үөрэнээччилэр каникулларын болдьоҕо билиннэ. Ол туһунан куорат үөрэххэ управлениета иһитиннэрэр.

Күһүҥҥү каникуллар — сэтинньи 2 — 9 күннэрэ,

кыһыҥҥы каникуллар — ахсынньы 29 — тохсунньу 10 күннэрэ,

сааскы каникуллар — кулун тутар 25 — муус устар 3 күннэрэ.

Бастакы кылаас үөрэнээччилэригэр эбии каникул олунньу 13 — 19 күннэрэ.

This post was published on 12.09.2022 16:01 16:01