26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Дьокуускайга үөрэх 300-тэн тахса эбийиэгин өрөмүөннүөхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сотору саҥа үөрэх дьыла саҕаланыа, онно  тэрээһин үлэлэр бара тураллар. Билигин өрөмүөн үлэтэ үөрэх бары тэрилтэлэригэр барар, ону тэҥэ ититэр ситими ыраастыыллар, саҥардаллар.  Ол курдук, Дьокуускайга үөрэх 380 эбийиэгэ хабылынна, олортон 210 оскуола, 141 оҕо саада уонна 29 эбии үөрэхтээһин эбийиэктэрэ.

2021 сылга үөрэх 163 эбийиэккэ өрөмүөн үлэтин ыыппыттара, ол иһигэр:  101 — оскуола,  62 -уһуйаан. Көрүллүбүт үп уопсай суумата 425,6 мөл. солк., ол иһигэр: олохтоох бүддьүөттэн – 419,5 мөл. солк., бүддьүөт таһыттан үбүлээһин – 6,1 мөл. солк. буолбута.

Өрөспүүбүлүкэ уустук суоллаах нэһилиэктэрин олохтоохторугар «2020 – 2024 сс. уонна 2026 сылга диэри былааннаах кэмҥэ Саха сирин үөрэҕириитин сайыннарыы» судаарыстыбыннай бырагыраама олоххо киириэхтээх, үөрэх эйгэтин тупсарыыга көмөлөһүөхтээх. 2022 сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 4797 үөрэнээччилээх 19 оскуола тутуллуутун түмүктүүр. Бу оскуолалартан аҕыһа 2755 үөрэнээччини хабан,  «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак  чэрчитинэн федеральнай субсидияттан үбүлэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА