Дьокуускайга доруобуйаларыгар хааччахтаах кырачааннар уонна обургу оҕолор доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр (реабилитационнай) Киин кулун тутар 12 күнүгэр аһылынна.
Инбэлииттэри өйөөһүн уонна көмүскээһин социальнай бэлиитикэ биир дьоһун суолталаах хайысхатынан буолар. Ол да иһин, бу Киин аһыллыытын инбэлиит оҕолору иитэр, кинилэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ, билиилэрин-көрүүлэрин сайыннарарга дьулуһар дьиэ кэргэттэр олус күүппүттэрэ.
Сэргэлээх суолун 11 килэмиэтиригэр кэрэ айылҕалаах, чуумпу сиргэ олохсуйбут Киини үөрүүлээх аһыыга СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин, РФ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Григорий Лекарев, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Александр Михеев, «Кэлэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата» коммерческайа суох тэрилтэ дириэктэрэ Сергей Местников, Дьокуускай к. баһылыгын солбуйааччы Евдокия Евсикова, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ уонна норуот дьокутааттара кытыннылар.
Евгений Чекин: «Билигин Саха сиригэр алта тыһыынчаттан тахса инбэлиит оҕо олорор. Түөрт тыһыынчаттан тахсата доруобуйатын толору көннөрөргө наадыйар. Ол гынан баран, биһиги кинилэр 50 бырыһыаннарын эрэ кытары үлэлээн кэлбиппит. Онон улахан эрэлбитин уурар саҥа тэрилтэбитигэр инновационнай көрүҥнэри туһанан, оҕолор доруобуйаларын уонна олохторун хаачыстыбатын барыбыт күүспүтүнэн тупсарыахпыт», – диэн эттэ, эҕэрдэ тылын тиэртэ. Евгений Чекин махтал тылларын чуолаан тутааччыларга, «Кэлэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата» коммерческайа суох тэрилтэҕэ уонна оҕолор төрөппүттэригэр анаата.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ СӨ Ил Дархана Егор Борисов Махтал суруктара тутааччыларга: Александр Неустроевка, Захар Степановка, Евгений Константиновка уонна саҥа тэрили атыылаһарга анаан сэртипикээт Реабилитационнай кииҥҥэ (салайааччы Зинаида Максимова) туттарылынна.
Ыалдьыт Григорий Лекарев РФ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир эМаксим Топилин эҕэрдэ суругун аахта. Григорий Лекарев Саха сиригэр саҥа Реабилитационнай киин аһыллыыта – бэйэ кыаҕын олоххо киллэрии буоларын, онон Киин үлэҕэ киирэригэр сыраларын уурбут бары дьону (чуолаан эбийиэги туппут дьону) өйүөххэ уонна махтаныахха наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Күн уота курдаттыы тыгар, киһи хараҕа халтарыйар саҥа дьиэҕэ киирэн эмтэнэ сылдьар оҕолор бүгүн эҕэрдэ нүөмэрдэри толордулар. Кинилэри кытары быраастар, иитээччилэр, педагогтар, дефектологтар уо.д.а. номнуо үлэлииллэр.
12 тыһыынча квадратнай миэтирэ иэннээх, 250 куойка-миэстэлээх эбийиэк уопсай суумата 1 миллиартан таҕыста. Манна үөрэнэр хостордоох медицинскэй-чөлүгэр түһэрэр блок, 150 миэстэлээх остолобуой, гостиница, бассейн, сенсорнай хостор, физиотерапия, ритмика хосторо уо.д.а. бааллар. Наадалаах аппарааттар, тиэхиньикэлэр күн бүгүҥҥэ диэри аҕалылла тураллар. Аны урукку курдук өрөспүүбүлүкэ таһыгар барарга күһэллибэккэ, Кииҥҥэ сыл аайы 3 тыһыынчаттан тахса оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэриэҕэ.
“Өрөспүүбүлүкэ 6 тыһыынчаттан тахса инбэлиит оҕотун доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ үлэлиир, барыларын хабар соруктаахпыт”, – диэн СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Александр Михеев күүтүүлээх Киин кэлэктиибин сүрүн соругун бэлиэтээтэ.
This post was published on 13.03.2018 11:30 11:30