«Прометейчик» оҕо саадыгар, СӨ Муусука үрдүкү оскуолатын көмөтүнэн (ВШМ) «Тыыннаах муусуканы кытта көрсүһүү» диэн кэнсиэр буолла. Тэрээһин ааптардара уонна тэрийээччилэрэ уһуйаан иһинээҕи муусука кафедрата, СИА иһитиннэрэр.
Кэнсиэргэ ВШМ устудьуоннара уонна оҕо саадын иитиллээччилэрэ кыттыннылар.
«Бу бырайыак көмөтүнэн, үгүс оҕо тыыннаах муусука доҕуһуолун аан маҥнай иһиттэ. Сорох оҕолор ВШМ устудьуоннарын кытта тэҥҥэ араас музыкальнай инструменнарга оонньоотулар. Кэнсиэргэ кэлбит ыалдьыттар скрипка, саксофон, флейта, валторна, труба тыыннаах тыаһын истэн сынньаннылар», — диэн бырайыак сүрүн ааптара Сардана Михайловна Горохова интэриэһинэй тэрээһин туһунан санаатын эттэ.
Оҕолорго бэрт интириэһинэй тэрээһин буолла. Элбэҕи саҥаны көрдүлэр, биллилэр,иҥэриннилэр. Тэрээһиммитигэр көмө буолбут Марфа Михайловнаҕа, Эдуард Эдуардовичка махталбытын тиэрдэбит, диэн Сардана Михайловна түмүктээтэ.
This post was published on 07.04.2023 16:50 16:50