Дьокуускайга от ыйын 12 күнүгэр юристар босхо көмөнү оҥоруохтара

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга от ыйын 12 күнүгэр юристар нэһилиэнньэҕэ босхо консультациялары оҥоруохтара. Гражданскай, сир, дьиэ-уот, ыал, үлэ, байыаннай сокуон, социальнай көмүскэл, үөрэх, дьиэ-коммунальнай хаһаайыстыба.

Тэрээһин 9 — 17 чааска  «Мои документы» МФЦ сүрүн офиһыгар буолар. Аадырыстара: Дьокуускай, Аммосов уулуссатын, 18 дьиэтэ.

Тиэмэлэрэ: https://ysia.ru/den-besplatnoj-yuridicheskoj-pomoshhi-projdet-v-yakutske-12-iyulya/

This post was published on 10.07.2024 12:28 12:28