Дьокуускайга оскуола иннинээҕи атыы-кутуу тэриллиэ

Атырдьах ыйын 11 күнүттэн саҕалаан балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри Дьокуускай куоракка Хомсомуол болуоссатыгар үгэскэ кубулуйбут оскуола иннинээҕи дьаарбаҥка тэриллиэ.


Дьаарбаҥканы Дьокуускай куорат дьаһалтатын предпринимательствоҕа, потребительскай ырыынакка, туризм сайдыытыгар уонна тырааныспарка департамена тэрийэн ыытыа.

«Оскуола тэрилэ, үөрэнээччи кэтэр таҥаһа, атах таҥаһа, рюкзактар, үөрэх кинигэлэрэ уонна да атын араас элбэх табаар атыыланыа. Дьокуускай куорат атыынан дьарыктанар бөдөҥ тэрилтэлэрэ бары кыттарга сайаапкаларын биэрдилэр. Биирдэм предпринимателлэр эмиэ кыттыһалларын биллэрдилэр. Быйыл барыта 170 атыылыыр миэстэ үлэлиэ«, — диэн потребительскай ырыынак салаатын кылаабынай исписэлииһэ Наталья Слепцова этэр.

This post was published on 27.07.2017 10:00 10:00