Бу нэдиэлэҕэ Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссатыгар фонтаны үлэлэтиэхтэрэ.
Фонтан носуоһа алдьанан, билигин үлэлээбэккэ турар диэн СЭГХ тэрилтэ баһылыга Владимир Аммосов куорат дьаһалтатын мунньаҕар эттэ, суруйар «Эхо столицы».
Аммосов эппитинэн, фонтан бэйэтэ туруга үчүгэй. Носуоһун күүһэ тиийбэт. «Бу нэдиэлэҕэ ону уларытыахпыт, фонтан үлэлиэҕэ, куруук буоларын курдук», — диэтэ Аммосов.
Санаттахха, «Азия оҕолоро» оонньуулар чэрчилэринэн Орджоникидзе болуоссата эмиэ киэркэйэр, манна тротуар билиитэлэрин, суол хайдыыларын оҥороллор, 12 тыһыынча сибэкки олордуллар.
This post was published on 03.06.2024 11:27 11:27