Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер тутуутун бэлэмэ 79,7% тэҥнэһэр. Эбийиэк 2023 сыл төрдүс кыбаарталыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бу туһунан СИА-ҕа тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саҥа онкологическай диспансер 180 миэстэлээх стационары уонна 210 киһиэхэ анаммыт поликлиниканы ааҕан 25 тыһ. кв миэтирэ иэннээх. Дьиэ түөрт блоктан уонна түөрт этээстэн трар. Билигин салгыны эргитэр систиэмэни таҥа сылдьаллар, дьиэ эркинин кырааскалааллар, линолеуму уонна керамогранитнай плиталары уураллар, тас кирилиэһин, пандустары оҥороллор.
This post was published on 12.10.2022 17:03 17:03