180 миэстэлээх стационардаах, 210 миэстэлээх поликлиникалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер тутуутун бэлэмэ 72% тэҥнэһэр. Эбийиэккэ ис отделочнай үлэлэр бара тураллар, сотору кэминэн медицинскэй оборудованиелары тиэйии саҕаланыа. Бу туһунан СИА-ҕа Саха сирин судаарыстыбыннай сакаасчытын сулууспата иһитиннэрдэ.
«Эбийиэк ис отделыгар, үһүс уонна төрдүс блоктарга — бэлэмнэнии үлэлэрэ бара тураллар. Ону тэҥэ уот, интернет ситимин ыытыы үлэтэ эмиэ барар. Дьиэ тас отделыгар үлэ номнуо бүтэн эрэр. График болдьоҕуттан хаалыы суох», — диэтэ судаарыстыбыннай сакаасчыт сулууспатын кылаабынай инженерэ Александр Иванов.
Онкологическай диспансер тутуутун 2019 сылга саҕалаабыттара уонна 2023 сыл IV кыбартаалыгар үлэҕэ киирэрэ былааннаммыта.
This post was published on 22.07.2022 15:15 15:15