Онкодиспансер уонна кардиокиин тутуулара эпидемияны утары ылыллар миэрэлэри барытын тутуһан туран, ыытыллаллар. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова эттэ диэн СИА суруйар.
«Онко-, уонна кардиодиспансер тутуулара салҕанар. Тохтообот. Эпидемияны утары ылыллар миэрэлэр тутуһуллаллар. Онно үлэлиир дьон доруобуйатын туруга куруук бэрэбиэркэлэнэр», — диэтэ Елена Борисова.
Бу икки эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕо уһуо. Кардиокиин — 2022 сылга, онкодиспансер — 2023 сылга үлэҕэ киириэхтээхтэр.
This post was published on 17.04.2020 12:07 12:07