Дьокуускайга оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ экскурсиялыахха сөп буолуо

Саха сиригэр оҥорон таһаарар тэрилтэлэр промышленнай туризмы сайыннарыахтара. Бу туһунан ТАССка туризмы сайыннарыы агентствотын генеральнай дириэктэрэ Наталья Тюкавкина иһитиннэрдэ.


Дьокуускайга ыарыы намыраатаҕына «ЭПЛ Даймонд», «Киэргэ» ювелирнай хампаанньалар, «Чороон XXI үйэ» уонна «Көмүлүөк» саха иһитин, сувенирдарын оҥорор тэрилтэлэр, «Якутия» технопаарка, «Сахабулт», ФАПК «Якутия», Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ, «Сахачай» бэйэлэрин тэрилтэлэригэр экскурсиялары тэрийиэхтэрэ.

«Промышленнай туризмы туристарга, оҕолорго, устудьуоннарга уонна ыалларга анаан тэрийиэхтэрэ. Бу дьоҕус тэрилтэлэри өрө таһаарыы итиэннэ олохтоох производствоны өйөөһүн биир көрүҥэ. Оҕолорго, ыалларга сынньалаҥ көрүҥүн таһынан профориентация буолуон сөп. Билигин тэрилтэлэр Дьокуускайга хааччахтыыр миэрэлэр уһуллалларын күүтэллэр», — диэтэ Тюкавкина.

This post was published on 23.12.2020 15:01 15:01