Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөт улуустартан оҕо иитэр төрөппүттэри, оҕону иитиигэ дьиэ кэргэҥҥэ көмө буолар кииннэр исписэлиистэрин, опека уонна попечительство уоргаттарын сотрудниктарын түмтэ. Мунньах кыттыылаахтара оҕо иитиитин боппуруостарыгар уонна өйөбүл миэрэлэр тула кэпсэтиэхтэрэ, суруйар СИА.
130-тан тахса киһи 22 оройуонтан түмүстэ. Икки күн устата мунньахтыахтара. Уопут атастаһыахтара.
«Оҕону иитэ ылбыт төрөппүт — бу оһуобай категория, бэйэтин хаана буолбатах оҕону иитэр. Кинилэр оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ көмөлөһөр кииннэртэн ылаллар. Дьиэ кэргэҥҥэ олорор оҕолор ордук социализациялаахтар, дьиэ кэргэҥҥэ улааталлар, оскуолаларга үөрэнэллэр, олоххо ордук бэлэмнээх буолаллар.
Сүлүөт оҕону иитэр төрөппүттэри түмэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэригэр, методическай көмө ылалларыгар көмөлөөх. Маны сэргэ толоруулаах былаас уоргаттарын кытта ордук тыҥаан турар боппуруостары дьүүллэһиэхпит», — диэтэ «Дети Саха-Азия» норуоттар ардыларынааҕы оҕо пуондатын толорооччу дириэктэрэ Ольга Андросова.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutske-startoval-slet-priemnyh-roditelej/
This post was published on 05.07.2023 15:33 15:33