Дьокуускайга оҕоломмот дьахталларга сүбэ-ама биэриэхтэрэ

Сэтинньи 17 уонна 18 күннэригэр Дьокуускай куоракка Медицина национальнай киинин көмөлөһөр репродуктивнай технологиялар отделениеларыгар Москва куорат сүрүннүүр исписэлиистэрэ сүбэ-ама биэриэхтэрэ.


«АльтраВита» ЭКО (экстракорпоральнай оплодотворение) клиникатын репродуктологтара В.В.Литвинов уонна Н.Ю.Белоусова оҕоломмот кэргэнниилэргэ уонна соҕотох дьахталларга оҕолонуу туһунан туһалаах сүбэлэри-амалары биэриэхтэрэ.

Консультация кэмигэр кинилэр кэргэнниилэр оҕо үөскүүрүгэр ханнык ньымалары туһаныахтарын сөбүн быһаарыахтара, булгуччулаах медицинскэй страховка чэрчитинэн ЭКО процедуратыгар талыахтара.

8(4112)395470 телефоҥҥа эрийэн, эрдэттэн суруйтарыахха сөп.

Ыспыраапка:

ЭКО процедуратын базовай бырагыраамата 2013 сылтан босхо медицинскэй көмөнү судаарыстыбаннай мэктиэлиир бырагыраамаҕа киллэриллибитэ.

2015 с. Саха сиригэр Булгуччулаах медицинскай страховка (босхо) судаарыстыбаннай бырагыраама суотугар ЭКО процедуратын 300-тэн тахса дьахтар барбыта.

This post was published on 26.10.2016 09:09 09:09