203 микрооройуоҥҥа оҕо былаһааккатыгар буолбут инциденынан полиция бэрэбиэркэ ыытар. Эр киһи, кууркалаах уонна бэргэһэлээх, оонньуу сылдьар оҕолору кытта хаартыскаҕа түстэ.
ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, эр киһи ким буолара билиннэ. 61 саастаах олохтоох киһи. Полиция бу киһини маҕаһыын иннигэр булла. Кинини кытта профилактическай кэпсэтии ыытылынна уонна буруйу оҥорууну таһаарбатын туһунан официальнай сэрэтии бэрилиннэ.
«Билигин кини тоҕо оҕолору кытта хаартыскаҕа түспүт матыыбын быһаараллар, сөптөөх медицина тэрилтэлэригэр ыйытыы ыытылынна», — диэтилэр биэдэмистибэҕэ.
This post was published on 23.07.2024 15:03 15:03