21 Сэтинньи 21.11
  • -30°
  • $ 100,22
  • 105,81

Дьокуускайга оҕо былаһааккатыгар кырачааннары хаартыскаҕа түһэрбит киһи дьайыытын полиция быһаарар

15:03, 23 июля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
203 микрооройуоҥҥа оҕо былаһааккатыгар буолбут инциденынан полиция бэрэбиэркэ ыытар. Эр киһи, кууркалаах уонна бэргэһэлээх, оонньуу сылдьар оҕолору кытта хаартыскаҕа түстэ.

ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, эр киһи ким буолара билиннэ. 61 саастаах олохтоох киһи. Полиция бу киһини маҕаһыын иннигэр булла. Кинини кытта профилактическай кэпсэтии ыытылынна уонна буруйу оҥорууну таһаарбатын туһунан официальнай сэрэтии бэрилиннэ.

«Билигин кини тоҕо оҕолору кытта хаартыскаҕа түспүт матыыбын быһаараллар, сөптөөх медицина тэрилтэлэригэр ыйытыы ыытылынна», — диэтилэр биэдэмистибэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар