Дьокуускайга нуучча дуобатыгар маассабай оонньуу буолла

Фото пресс-службы главы и правительства Якутии

Дьокуускайга «Триумф» киинигэр нуучча дуобатыгар маассабай сеанс буолла. 500 дуоска оонньонно.

Тэрээһин норуоттар ардыларынааҕы «Интеррекорд» рекордтары регистрациялыыр агентствоҕа дуобат спордун историятыгар биир кэмҥэ оонньууга саамай маассабай сеанс быһыытынан бэлиэтэннэ.

Сеансердарынан аҕыс Саха сирин гроссмейстера кытынна: Александр Азаров, Гаврил Колесов, Иван Токусаров, Николай Стручков, Матрена Ноговицына, Андрей Федотов, Наталья Шестакова, Ксения Нахова, суруйда регион салалтатын пресс-сулууспата.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников эппитинэн, дуобат өрөспүүбүлүкэҕэ олус киэҥник тарҕаммыт көрүҥ. Бастакы президеммит Михаил Николаев өҥөтүнэн бу хамсааһын улуустарга барытыгар тарҕанна уонна маассабай киэптэннэ.

Урутаан Ил Дархан Айсен Николаев «эбии үөрэхтээһиҥҥэ интеллектуальнай оонньуулары — дуобаты, саахыматы, го уонна да атыттары күүскэ сайыннарарга уонна киллэрэргэ» эппитэ.

This post was published on 03.04.2023 15:28 15:28