Дьокуускайга Николаев проспегар суол саахала таҕыста

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ыам ыйын 23 күнүгэр Дьокуускайга барыллаан 15:00 чааска Михаил Николаев проспегар суол саахала таҕыста. Икки «Скания» мааркалаах улахан массыына уонна «Хонда шаттл» иномарка саайылыннылар. Эмсэҕэлээбит киһи баар.

Ол туһунан куорат Госавтоинспекцията эттэ.

Быһаарыллыбытынан, 25 саастаах бастакы «Скания» суоппара хаҥас балаһаҕа туораары айаннаан иһэр иккис «Сканияҕа» саайыллар. Онтон утары балаһанан айаннаан иһэр иномаркаҕа саайыллар. Саахал түмүгэр «Хонда шаттл» иномарка суоппара эмсэҕэлээтэ.

Бэрэбиэркэ ыытыллар.

This post was published on 24.05.2024 11:01 11:01