№ 1-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа — М.Е. Николаев аатынан медицина национальнай киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков «Медико-генетическая служба, перспективы развития, биобанкинг» дакылааты оҥордо. Кини бэлиэтээбитинэн, медицина инновационнай сайдыыта судаарыстыба, бизнес уонна уопсастыба коллаборациятыгар ыытыллар.
«Аан дойду бастыҥ балыыһаларын инникилээн тутуллар уопуттарыгар олоҕуран, медицина Национальнай киинэ тохтоло суох сайдар. Быйыл балыыһабытыгар пациент бэйэтэ диагностикаланар бырайыагын олоххо киллэрдибит. Онон харахтара көрөрүн, үрдүктэрин, ыйааһыннарын, пульстарын уонна хаан баттааһыннарын бэйэлэрэ кэмнэнэллэр. Маннык ньыма дьон бэйэтин доруобуйатыгар интэриэһи үөскэтэр», — диэтэ генеральнай дириэктэр.
Николаев-киин салайааччыта Юрий Семенов бастакы президент Михаил Николаев Саха сиригэр аныгы үөрэх сайдыытын оҥорбут салайааччы буоларын бэлиэтээтэ. «Ыччат үөрэхтэниитин сүрүн судаарыстыбаннай приоритет быһыытынан инники күөҥҥэ туппута», — диэтэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов эппитинэн, үрдүк үөрэхтэр кампустарыгар Саха сирин бастакы президенэ Михаил Николаев аата иҥэриллэр. «Кампус Николаев-университет диэн ааттаныаҕа», — диэтэ кини.
This post was published on 12.11.2024 11:01 11:01