Дьокуускайга Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра үлэтин саҕалыыр

Ахсынньы 21 күнүгэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра үлэтин «Өрүү тыыннаахтар» испиктээҕи көрдөрүүттэн саҕалыа. Испиктээх «Өйдөбүл уонна Албан аат» сылын түмүктүө. 


Испиктээххэ аҕыйах артыыс кыттар, саалаҕа 50 көрөөччү киириэ.

Ахсынньы 24 – 30 уонна тохсунньу 2 — 7 күннэригэр оҕолорго «Ый бэлэҕэ» диэн саҥа дьыллааҕы оонньууну көрдөрүөхтэрэ. Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ 5-6-лыы оҕону сайаапканан киллэриэхтэрэ.    

Интернет ситимин нөҥүө тыйаатыр Корней Чуковскай «Муха Цокотухатын» көрдөрүө.

Ахсынньы 13 күнүгэр киэһэ 18:00  чаастан тыйаатыр YouTube ханаалыгар «Алексей Павлов уонна Наара суохтар» көрдөөх кэнсиэрдэрэ буолуо.

Тэрээһиннэр харыстаныы бары ирдэбиллэрин тутуһан буолуохтара.

This post was published on 09.12.2020 15:01 15:01