«Нам» айан суолугар Дьокуускайга 1,5 км учаастакка тутууну түмүктүүр үөһэ өрүтүн асфальтобетонунан бүрүйдүлэр. «Безопасные качественные дороги» национальнай бырайыак чэрчитинэн суол оҥоһуллар. Ол туһунан Саха сирин суолларын управлениета иһитиннэрдэ.
Маны сэргэ, 7,9 — 11,4 км учаастакка 151 сырдатыы тирэхтэрэ туруоруллубут уонна сибээс линията сөргүтүллүбүт. «Эбийиэк 2023 сыл олунньутуттан тутуллар, тэтимэ түргэн. Күн бүгүн техническай бэлэмэ 53 бырыһыан. Кыраапыктан хаалыы суох», — диэтэ суол Управлениетын хапытаалынай тутууга отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Надежда Яковлева.
«Нам» айан суолун оҥорууну 2024 сыл алтынньытыгар түмүктүүр былааннаахтар. Ол кэннэ 3,27 км учаастакка түөрт балаһалаах айаны арыйыахтара. Бырайыак барьердаах аҕыраадалаах, сэттэ тохтобул былаһааккалаах, тротуардаах, 271 сырдатар тирэхтээх уонна биэс светофордаах.
This post was published on 24.05.2024 09:33 09:33