Дьокуускай аэропордугар МС-21-300 сөмөлүөт түстэ, «Иркут» корпорация оҥоһуута. Көтөр аал 3 — 4 нэдиэлэ устата намыһах салгын температуратыгар техническэй кэтээн көрүүнү ааһыаҕа, суруйар СИА.
МС-21-300 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлииргэ Дьокуускайга 70 киһилээх хамаанда кэллэ. «Иркут» корпорация уонна А.С. Яковлев аатынан уопуттуур-конструктордыыр бюро исписэлиистэрэ. Корпорация генеральнай дириэктэрэ Андрей Богинскай эппитинэн, кэтээн көрүү -30 кыраадыстан намыһах салгын температуратыгар ааһыахтаах.
Регион тырааныспарга миниистирэ Владимир Сивцев бэлиэтээбитинэн, Уһук Илиҥҥи хампаанньа үлэтин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ МС-21-300 көтөр аал ылыллара, ол иһигэр пассажирдары тиэйэр-таһар рейстар оҥоһуллаллара былааннанар.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
This post was published on 24.01.2022 13:02 13:02