«Якутия» технопарк иһинэн үлэлиир «СельГазСтрой» уонна «Стандарт 14» тэрилтэлэр Дьокуускайга мэдиссиинискэй мааска оҥорор сыаҕы арыйдылар. Уһук Илиҥҥэ иккис сыах (биир Хабаровскайга баар) күҥҥэ 20 тыһ кэриҥэ маасканы оҥоруо.
Мааскалар хаачыстыба бары ирдэбиллэригэр эппиэттэһэллэр, сертификаттаахтар. Спанбонд уонна СМС диэн антибактериальнай, гипоаллергеннай, фильтрдыыр матырыйааллартан тигиллэллэр. Матырыйаалы Арассыыйа иһиттэн ылаллар. Мааска халыҥа стандартнай — от 20 до 25 г/кв. м.
Сыах менеджера Саскылаана Григорьева түөрт станок үлэлиирин, онтон иккитэ аптамаатын – мүнүүтэҕэ 100 мааска таҥаһын бэлэмниирин, иккис станок 40 мааскаҕа биэтилэ сыһыарарын кэпсээтэ. Икки станок эмиэ биэтилэ тигэргэ анаммыттар, илиинэн. Мүнүүтэҕэ 10 биэтилэни тигэллэр. Ити гынан биир симиэнэҕэ 20 — 25 тыһ мааска оҥоруохха сөп.
Григорьева мааска 3 солкуобайтан саҕалаан атыыланыан эттэ. Билиҥҥитэ тэрилтэ хас эмэ юридическэй сирэйи кытары дуогабардааҕын, аптекалары, улахан супермаркеттары кытары кэпсэтиилээҕин эттэ.
«Өскөтүн атыылаһааччы маасканы хамаҕатык ылар буоллаҕына Технопарк урбаанньыттарга оборудование ыларга итиэннэ сыах кэҥииригэр көмөлөһүө », — диэтэ «Якутия» Технопарк генеральнай дириэктэрэ Петр Габышев.
This post was published on 24.11.2020 16:04 16:04