Дьокуускай куоракка кулун тутар 15 — 16 күннэригэр «Мас уустарын тойуга» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы түмсүү тэрилиннэ. Түмсүүгэ Саха сирин 10 улууhуттан уонна Дьокуускай куораттан саха иhитин-хомуоhун (чороон, кытыйа уо.д.а.), саха ох саатын уонна саха кыл-кылыhаҕын (кырыымпа) оҥоруунан дьарыктанар мас уустара муһуннулар.
Дьиҥ сахалыы тыыннаах тэрээhин СӨ Ил Дарханын иһинэн «Олоҥхо» национальнай тэрийэр кэмитиэт салайааччыта, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков көҕүлээһининэн ыытылынна. Мас уустарын бастакы түмсүүтүн сүрүн соругунан саха норуотун үгэс буолбут култууратыгар болҕомтону күүhүрдүү уонна Саха сирин төрүт идэлэрин туhунан билиини кэҥэтии, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлиир мас уустарын холбоһуктаах тэрилтэлэрин тэрийии туһунан сүбэлэһии буолла.
Тэрийэр бөлөххө Россия, Саха сирин норуотун маастара Роман Готовцев – Мындыр Уус, ох саанан ытыыга Дьокуускай к. сүрүн тренерэ Борис Олесов, Сергей Зверев — Кыыл Уолун аат. Национальнай үҥкүү тыйаатырын «Кыл Саха» ансаамбыл салайааччыта Анна Томская, саха кыллаах музыкальнай инструменнарын маастара Руслан Габышев, «Чороон» норуот идэтин харыстааһын уонна сайыннарыы киинин салайааччыта Софья Попова, СӨ норуотун маастара Афанасий Лопатин, «Айар Уустар» креативнай индустриялар колледжтарын маастара Василий Лопатин, Ем. Ярославскай аат. кыраайы үөрэтэр түмэл худуоhунньук-реставратора Василий Протопопов үлэлэстилэр.
Икки күн устата ыытыллыбыт маhы ыллатар саха уустарын түмсүүтүгэр, кинилэр уран оҥоhуктарын көрөөрү киин куорат «Строительнай» ырыынагын эргиэн-быыстапка павильонугар үгүс киhи тоҕуоруста. «Мас уустарын тойуга» түмсүү үөрүүлээх аhыллыытыгар Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн депутата, «Строительнай» ырыынак генеральнай директора Иван Данилов, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Турантаева кытыннылар.
Александр Жирков саха уустарын үлэлэрэ Аан дойдуга таһымын, кинилэр норуот үгэһин утумнааччылар буолалларын, мантан ыла Саха сирин мас уустара бэйэлэрэ туспа түмсүү тэринэн, оҥоһуктарыгар бэйэлэрин ааттарын иҥэрэр туһугар үлэни ыыталларыгар эттэ. Салгыы Александр Николаевич былырыын от ыйыгар Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар ыытыллыбыт саха оҕунан ырааҕы ытыыга күрэх кыайыылаахтарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, Саха сирин норуотун маастардарыгар, ааспыт Олоҥхо ыһыаҕын тыҥааһыннаах күрэҕэр оноҕоһу 200-тэн тахса м. сиргэ ыытан саха оҕунан ырааҕы ытыыга өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтообут Кирилл Петровка (Сунтаар улууһа) уонна Семен Петровка (Уус Алдан улууһа) анал бириистэри уонна өйдөбүннүк бэлиэлэри туттартаата.
Мас уустарын I-кы өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтүн кэмигэр ыытыллыбыт уустар оҥоһуктарын көрүү күрэҕэ кулун тутар 16 күнүгэр таhаарылынна.
Ол курдук, Кыл-кылыһах (кырыымпа) оҥорооччулар күрэхтэригэр барыта 13 киhи кытынна. Экспертэринэн «Кыл Саха» ансаамбыл маастара уонна импровизатор-солиhа, СӨ норуотун маастара Руслан Габышев, Ансаамбыл салайааччыта Анна Томская, солистар Афанасий Томскай, Дьулустаан Никифоров, Олоҥхо тыйаатырын артыыhа Айсен Кысылбаиков үлэлээтилэр. Балаhыанньа быhыытынан хас биирдии маастар бэйэтэ оҥорбут кырыымпатыгар оонньоон иһитиннэрдэ, инструмент быһыыта-таһаата эмиэ аахсылынна.
Түмүккэ 1 миэстэни Андрей Осипов (Нам улууhа, Нам с.) ылан, СӨ Ил Дарханын иһинэн «Олоҥхо» национальнай тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта А.Н. Жирков анал бэлэҕин итиэннэ «Строительнай» ырыынак дириэктэрэ, Ил Түмэн депутата И.И. Данилов анал сертификатын тутта. Иккис миэстэлээх Манчаары Ксенофонтов (Ньурба улууhа, Хатыы с.) уонна үһүс миэстэлээх Руслан Захаров (Нам улууhа, Хамаҕатта с.) эмиэ анал бириистэри туттулар.
СӨ Бырабыыталыстабын аатыттан С.В. Местников анал бирииһэ норуот маастарыгар Руслан Габышевка туттарылынна.
Саха иhитин-хомуоhун, чуолаан чороону уонна кытыйаны оҥоруу күрэҕэр мас уустарын ортолоругар 1 миэстэҕэ Самсон Сидоров (Горнай улууhа, Бэс-Күөлэ с.) таҕыста. Иккис миэстэни Федор Чярин (Таатта улууhа, Ытык-Күөл с.) уонна үһүс миэстэни Федот Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас улууhа, Хорообут с.) ыллылар.
Саха ох саатын оҥоруутугар кыттааччылар сабыс-саҥа ох сааларынан бэргэнник ытыыга күрэстэстилэр. Бу күрэҕи Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах спортивнай судьуйа Борис Олесов, Саха ох саатынан ытыыга «Сахаада спорт» спордун маастара Петр Неустроев, уонна саха ох саатын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Виктор Бурцев сыаналаатылар.
Ох саанан күрэскэ кыайыы өрөгөйүн Александр Катакинов (Уус Алдан) биллэ. Иккис миэстэни тимир ууhа, СӨ норуотун маастара, бу күрэх сүрүн тэрийээччитэ Роман Готовцев (Дьокуускай к.) ылла. Үһүс миэстэҕэ саха оҕунан ыраахха ытыыга өрөспүүбүлүкэ рекордсмена Сунтаар улууhуттан Кирилл Петров таҕыста.
Ити курдук, икки күннээх мас уустарын Өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы түмсүүтэ үрдүк тэрээhиннээхтик ыытыллан дьон-сэргэ улахан сэҥээриитин ылла.
Саха уустарын уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы түмсүү кыттыылаахтарын кытта сүбэлэһэн баран, Александр Жирков мантан антах бу тэрээһин үгэскэ кубулуйуоҕа уонна сыл ахсын биирдэ Дьокуускай к. «Модун» Өрөспүүбүлүкэтээҕи Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр ыытыллар буолуоҕа диэн быһаарыыны иһитиннэрдэ.
Ааптар: Станислав Софронов
This post was published on 21.03.2024 11:23 11:23