Дьокуускайга мас-рестлинг аан дойдутааҕы IV чемпионата саҕаланна. Араас дойдуттан 41 сүүмэрдэммит хамаанда 132 күүстээх спортсмена кыттар. Мадьынылары Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
«Дьокуускай үһүс төгүлүн улахан спортивнай түһүлгэнэн буолар. Мас-рестлинг төрүт дойдутугар аан дойду чемпионата буоларыттан олус үөрэбит. Россия хамаандатыгар, сахалартан ураты, Иван Галкин (125 кг), Виктор Колибабчук (125+ кг), Мохинур Абдузойирова (85 кг) уонна Кристина Кочесокова (абсолютнай категория) кытталлар.
Бэс ыйын 25 күнүгэр, чемпионат кэмигэр, биһиги Дьокуускайга аан бастаан Бүтүн аан дойдутааҕы мас-рестлинг күнүн бэлиэтиэхпит. Бу күн норуоттар ардыларынааҕы федерация президиумунан бигэргэммитэ.
Чемпионат чэрчитинэн конгресс ыытыллар, мас-рестлинг өрөгөй ырыата биһирэмниэҕэ, ырыа тылларын Саха сирин народнай суруйааччыта Наталья Михалева — Сайа суруйда.
Күн бүгүн саха спордун национальнай көрүҥүнэн — мас тардыһыытынан — 32 тыһ кэриҥэ киһи 50 аан дойду дойдуларыгар, ол иһигэр 16 тыһ киһи Россияҕа дьарыктанар», — диэтэ Айсен Николаев.
Регион баһылыга саха спордун национальнай көрүҥэ олимпийскай көрүҥ буоларыгар эрэллээҕин биллэрдэ, онно аан дойду чемпионата мас-рестлинг сайдыыта саҥа саҕахха тахсарыгар төһүү күүс буолуохтаах.
Сиһилии бырагырааманы «ЯСИА афишатыгар» көрүҥ.