Дьокуускайга Ленин проспегар улахан баһаары тохтоттулар

Бээтинсэ күн күнүс Ленин проспегын 3/1 турар дьиэҕэ улахан баһаар буолла. Саха сиринээҕи ЫБМ сулууспата иһитиннэрбитинэн, баһаарга үрдүк кутталлаах ранганы иҥэрдилэр. Миэстэтигэр Дьокуускайдааҕы баһаарынай-быыһыыр гарнизон подразделениелара үлэлииллэр.

Дьон уоттан быыһанаары түннүк парапетыгар тахсан турдулар. Кинилэри үөһэттэн эвакуациялаатылар. Быһылаан түмүгэр эмсэҕэлээбиттэр баар буолуохтарын син диэн көрбүт дьон биллэрэллэр.

This post was published on 27.10.2023 14:48 14:48